Руслан Тараховский все тексты (слова) песен, переводы, видео, клипы
БилинииЫраахтан ыйаахтаах
Ырыаһыттан атыммын
Ыччат дьоҥҥо ыллык ыйааччыбын
Мин айаннаан иһэбин
Сүҥкэ хаантан сүрүннээх буолбатахпын
Сүһүөх дьоҥҥо сүбэ биэрээччибин
Мин айаннаан иһэбин
Дорообо дойдумХаллаан хахсайан
Хаһыҥ хаарыйан
Силлиэ силэйэн
Сиик иҥэн
Ахсааннаах сылларга аньыылааҕынан ааҕыллан
Атын халлаан анныгар
Самыырга баттатан
Ардахха сытыйан
ИйэКөрдөөх сааһым күнүгэр
Көхсүм иһиттэн көтүллэн түспүт
Көмүс сымыытыам
Эдэр сааһым идэкитигэр
Эт сүрэхпиттэн эмтэрийэн түспүт
Эрэллээх биэбэйиэм
Эйигин көрөн ииппитим
Тугу биттэнэн билэнТугу биттэнэн билэн
Тойон сүрэҕим долгуйда
Ханныгы таайан хатаннык
Хара быарым хайытынна
Олох обургу оччугуйтан
Олуурга угар эбит
Байгы баҕайы баламаччыттан