Ыйдана таптала1.
Эн сэгэр кэлэргэр бэлэмнэнэн,Айыыларбыт тэриммиттэр эрдэттэн,Анаан-минээн бу дойдуну,Соҕотох эйиэхэ бэлэхтээбиттэр, Бэлиэтээбиттэр ыйдаах, күнү,Эйиэхэ тапталтан онно үөскээбит эбит күнүү,Чуҥкуйар кэмҥэр сэргэхсийдин диэн, Сипсийэр тыал,сүрэхтэммит мэньигийээн,Эн суолгун киэргэтэннэр харанаҕа, Көй сулустары,көр субуруппуттар халлаанҥа,Онтон сылтаан, сарсыарда ыксаан,Тахсар буолбут саҕахтан, көмүс күн барахсан,Онтон сулустар? (сулустар),Сулустар буолаллар уолаттар,Көр эн тула бу харахтара умайаллар...
2.
Күн тыгар эмиэ эн аттыгар, мин курдук олустук да талаhан,күлүккүн күнүүлүү күнү быhа батыhар, Өйдөөн көрүүй, мичээриҥ эйиэнин сылытар,Киэhэрдэр ытамньыйар сайыhан, Ол ыарыытын тиэрдэллэр былыттар,Ардаҕынан,этиҥ тыаhынан, атаhын аhынан онно тыал айманар,Сөҕүүй дуу эн сэргээн көрүүй,Эйиэхэ күндүлээбит кэрэ да бэлэхтэрин,Өрүстэрин,алаастары, дьэҥкир үрэхтэри,Сиэдэрэй сибэкки,сир симэхтэрин,Баар арай, соҕотох ыйдаҥа,Халлаана хараҥа,санаата суох саҥата,Таптыыр арай кини, Сахатын Сирин,Эн курдук киhилиин, билиhиннэрбитин иhин...
Хос ырыата:
Эн ол аата ,онтон ылата,Түннүкпэр тыгар ол ыйдаҥа уотаҕын,түүлбүн манааҥҥын утуйбаккын,Эн ол аата,онтон ылата,түннүкпэр тыгар ол ыйдана уотаҕын,Миигин ытыктыыр,Эн түүн уолаҕын...
Түмүк:
Ким бэлэхтиир, ким кэрэхсиир,Ким элбэ5и эбэн кэпсиир,Онтон кини эчи истиҥин,Мин бу сиргэ баарым иhин...